Олохпут түһүүлээх тахсыылаах кэмигэр бары түмүстэхпитинэ, биир санааҕа кэллэхпитинэ, бү... — 7 сентября 2026 г. в 12:36:21.888
Олохпут түһүүлээх тахсыылаах кэмигэр бары түмүстэхпитинэ, биир санааҕа кэллэхпитинэ, бүгүҥҥү эрэ күнүнэн олорбокко, кэлэри, кэскиллээҕи, үйэлээҕи санаатахпытына, бигэ туруктаах буолуохпут! Доҕорбун Битээлийи Орто Дойдуга Айыы санаатын тарҕата, истиҥ эйгэни тэнитэ кэлбит киһинэн ылынабын. ҮТҮӨ БАЛАҔАН үтүө санаата, үтүө холобур буолар! Бэрт кылгас кэмҥэ, үтүө балаҕан аанын сэгэтэн, Виталий Очировтыын сэһэргэһиибин сэҥээриҥ! #үтүөбалаҕан #сахасирэ #виталийочиров #алгысачыырап #уруу #сэргэ

