Ытыктабыллаах Таатта улууһун олохтоохторо!
Ытыктабыллаах Таатта улууһун олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ күнүнэн уонна Россияҕа Аҕа күнүнэн эҕэрдэлиибин! Бу үөрүүлээх күн биһиги ийэлэрбитигэр уонна аҕаларбытыгар махтанабыт, кинилэр кыһамньылара, сылаас, истиҥ сыһыаннара, уҕараабат тапталлара оҕону иитии бигэ тирэҕэ уонна дьиэ кэргэн этэҥҥэ буолуутун мэктиэтэ буолаллар. Бастатан туран, төрөппүттэр оҕолоругар сиэр-майгы, үтүө-мөкү туһунан өйдөбүллэри иҥэрэллэр, үөрэххэ, үлэҕэ, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууга холобуру көрдөрөллөр. Ону таһынан, чугас дьону өйүүргэ, көмөлөһөргө, дьон-сэргэ, уопсастыба туһугар үтүө суобастаахтык үөрэнэргэ, үлэлииргэ, айарга-тутарга - барытыгар оҕо дьиэ кэргэҥҥэ уһуйуллар. Хас биирдии дьиэ кэргэн үйэлэртэн үйэлэргэ бэриллэр духуобунай баайы-дуолу, үтүө үгэстэри инники көлүөнэҕэ тиэрдэн истин, ыччаттарыгар күүстээх санааны, уостубат эрэли, олоххо дьулууру иитиэхтээтин. Бу дьоро күн барыгытыгар чэгиэн-чэбдик туругу, өйдөһүүнү, өйөһүүнү, сылаас эйгэни уонна уйгулаах, дьоллоох олоҕу баҕарабын! Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутаата, “Саханефтегазсбыт” АУо генеральнай дириэктэрэ Виктор Николаевич ЛЕБЕДЕВ. @taattagazeta @ulusmedia