🌀 Бу күн кыттааччылар Эрнст Александрович аатынан сквергэ сырыттылар, түмэлгэ талахта...
🌀 Бу күн кыттааччылар Эрнст Александрович аатынан сквергэ сырыттылар, түмэлгэ талахтан айымньыларын, мэӈэ тутууларын макеттарын сөҕө-махтайа болҕойдулар. Уһуйааччы, уус, үтүө киһи туһунан кини кыргыттара Лилиана Эрнестовна, Иванна Эрнестовна, аймахтара, үөрэнээччилэрэ, бииргэ үлэлээбит, алтыспыт дьоно сылаас тылынан аҕыннылар. Алексеевскай ааҕыылары арыйар тэрээһин олус сэргэх буолла. Манна Эрнст Александрович олоҕун оскуола дириэктэрэ О. Н. Гуляева сырдатыыта үҥкүүлээх, ырыалаах тэттик дьүһүйүүнэн арыалланна. Уолаттар "Тоҕус тойон" уонна эр дьон "Дохсун" ансаамбылларын ырыаларын көрөөччү ытыс дохсун тыаһынан арыаллаата. НПК кыттыылаахтарын улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Р. И. Захаров, улуус үөрэҕин управлениетын салайааччыта И. И. Дягилев эҕэрдэлээтилэр. Норуот маастара, Дьүлэй нэһ. олохтооҕо И. И. Элякова Ил Түмэн грамотатын тутта. Ааҕыылар өссө сайдан, киэӈ сэӈээриини ылан, үтүө киһи аатын ааттата, кини үлэлэрин үйэтитэ тэриллиэхтэрэ, элбэх үөрэнээччини түмүөхтэрэ. @taattagazeta @ulusmedia