Күндү оҕолорбут, сарсыҥҥыга эрэллээх эрэнэр ыччаттарбыт! — 1 июня 2026 г. в 00:54:03.396
Күндү оҕолорбут, сарсыҥҥыга эрэллээх эрэнэр ыччаттарбыт! 🔹Эһигини бүгүҥҥү аан дойду үрдүнэн бэлиэтэнэр Оҕо көмүскэлин күнүнэн ис сүрэхпиттэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! 🔹Оҕо – бу биһиги дьолбут, сарсыҥҥы күн кэскилэ, олохпут инники сайдыыта. Хас биирдии оҕо тапталга, үтүө эйгэҕэ улаатыахтаах. Кинилэр истиҥ мичээрдэриттэн олохпут өссө сырдыыр, дьиэлэрбит сылааһынан туолаллар, санаабыт бөҕөргүүр. 🔹Күндү төрөппүттэр! Оҕолорбутун үтүөнү үксэтэргэ, үлэни, дойдуну таптыырга, тулалыыр эйгэни харыстыырга, олохтон дуоһуйарга үөрэтэн, дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтиэҕиҥ! 🔹Оҕолорбор баҕарыам этэ дьоллоох оҕо сааһы, хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ үөрүү-көтүү уйаланнын, ил-эйэ эҥээрдэстин, бигэ турук, толору дьол баар буоллун! 📱 @dmitriytikhon0v 💬МАХ сыһыарыыга суруттар- https://max.ru/id1415008873_gos2

