Ытыктабыллаах биир дойдулаахтарым, туруу үлэһит дьоммут! — 21 мая 2026 г. в 23:07:10.643
Ытыктабыллаах биир дойдулаахтарым, туруу үлэһит дьоммут! 🔹Эһигини барыгытын Сахабыт сиригэр Сайылык күнүнэн, күөххэ үктэммиппитин бэлиэтиир Ньукуолунунан эҕэрдэлиибин! 🔹Уһун унньуктаах кыһын кэнниттэн этэҥҥэ күөххэ үктэнэн, самаан сайыны уруйдуу көрсөр, түптэ сыттаах, унаар күөх буруолаах үтүөкэн күннэрбит үүннүлэр. Сыллата сайылыкка көһөн, үрүҥ илгэни үрүлүтэр, тыа хаһаайыстыбата сайдыытыгар таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар дьоммутугар махталбын тиэрдэбин. Бу сайын быйаҥнаах, үгүс үрдүк көрдөрүүлэрдээх, буоллун. Улууһум олохтоохторо этэҥҥэ буолуоҕуҥ, куруук түмсүүлээх, кыайыы-хотуу аргыстаах сылдьыаҕыҥ! 📱 @dmitriytikhon0v 💬МАХ сыһыарыыга суруттар- https://max.ru/id1415008873_gos2

