КЫЛААН КЫАЙЫЫЛАР СИТИҺИИЛЭР. — 7 июля 2026 г. в 00:27:50.941
КЫЛААН КЫАЙЫЫЛАР СИТИҺИИЛЭР. Биллэрин курдук Олоҥхо ыһыаҕар сылы быһа бэлэмнэнэн, сыал-сорук оҥостон араас улуус ааттаахтара, суон сурахтаахтара мустаннар күрэх былдьаһаллар, күөн көрсөллөр. Кэбээйи алгыстаах сирэ-уота Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьонугар – сэргэтигэр үтүөнэн тосхойдо. Олоҥхо ыһыаҕын сүдү уонна сүрүн күрэҕэ – Олоҥхо күрэҕин КЫЛААН КЫАЙЫЫЛААҔЫНАН 1 Тыыллыма Аркадий Алексеев аатынан култуура киинин уус-уран салайааччыта, олоҥхону толорооччу, Мэҥэ Хаҥалас, Илин Эҥээр уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Дархан Оһуохайдьыта, СӨ култууратын туйгуна, Гавриил Колеов аатынан бэлиэ хаһаайына Виталий Никифоров кыайыыны ылыан ылла уонна 700 000 солк наҕараадаланан биир дойдулаахтарын дьоһуннук үөртэ! “Кырсалыы кылыһахтаан, куоҕастыы куйуһутан, тахсар күн сардаҥатынан олоҥхолоох олоҕу туойдахпына!” ОЛОҤХО КҮРЭҔЭ Кылаан Чыпчаал- - Виталий Никифоров, 1 Тыыллыма Аксиния Степанова - 2 үрдэл, Аллараа Бэстээх Петр Тихонов - анал бириис, 3 Мэлдьэхси Гаврил Спиридонов -анал бириис, 2 Тыыллыма Заредина Сосина-анал бириис , Майа Айталина Верховцева -анал бириис, Дьанхаады Валентина Кривошапкина -анал аат, Майа Күннэй Дмитриева-анал бириис, Аллараа Бэстээх “Киристэпиэл кэрэхсэлэ!” ДЭГЭРЭҤ ЫРЫА Кылаан чыпчаал -Ульяна Ефремова, Майа Арсений Андреев- 1 үрдэл, Хорообут Линда Захарова, анал аат, Майа “Алгыстаах тойукпут айхаллыы дуорайдын!” ТОЙУК КҮРЭҔЭ Аксиния Степанова- 1 үрдэл, Аллараа Бэстээх Денис Оконешников-анал аат, Дьабыыл Татьяна Неустроева-анал аат, Дьанхаады Роман Иванов –анал аат, Рассолода “Куйаар кутуллар дорҕооно!” КЫРЫЫМПАҺЫТТАР КҮРЭХТЭРЭ Кылаан чыпчаал - "Дьиэрэй" бөлөх, сал: Мария Иванова, Ульяна Ефремова, Майа “Дьоҕурдаах кылыһахтаах кырыымпаһыт!” анал аат Ульяна Ефремова-анал Майа “Дьоҕурдаах кылыһахтаах кырыымпаһыт!” анал аат, Мария Иванова, Майа “Аламай күн алыптаах үҥкүүтэ!” ОҺУОХАЙ КҮРЭҔЭ Идэтийбиттэргэ 1 үрдэл- Станислав Иванов, Майа “Хомоҕой тыллаах үҥкүү тылын эттээччи!” анал аат- Денис Оконешников, Дьабыыл “Кылыһахтаах куолас!” анал аат – Татьяна Неустроева, Дьанхаады “Саха тимирэ: сөргүтүү” ТИМИРИ УҺААРЫЫ Дьулустаан Марков, Аллараа Бэстээх. “Бастыҥ болгуо саха быһаҕа!” ТИМИР УУСТАРЫН КҮРЭҔЭ Анал аат- Радион Шарин, Суола Мэлдьэхси “Омук төрүт таҥаһа-өбүгэ өйдөбүнньүгэ!” САХА ТАҤАҺА "Кэрэ иис" сал: Наталья Туманова, анал аат, Майа Юлия Никифорова, “Сэргэх иис” анал аат, 1 Тыыллыма “Иис-уус дьарыга – үйэлэр кистэлэҥнэрэ!” УУС –УРАН КӨРДӨРҮҮ КҮРЭХ Сыахай- 2 үрдэл, Дмитриева Ньургуйаана, Ходоро “Төрүт үгэһи сөргүтүү!” анал аат, Саргылана Иванова, Дьанхаады Куйуур оҥоһуута “Ситии” түмсүү, сал: Саргылана Иванова, Дьанхаады “АТАХ ООНЬУУТА” Кылаан кыайыы – Игорь Скрябин, Ходоро “МАС ТАРДЫҺЫЫ” 3 үрдэл, Мира Павлова.

