Сахабыт Сирин күнүнэн эҕэрдэ!✨
Сахабыт Сирин күнүнэн эҕэрдэ!✨ ☀️Бүгүн, муус устар 27 күнүгэр, Сахабыт Сирин күнүн көрсө интэринээт-дьиэ олохтоохторо, үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылан, Кыайыы Болуоссатыгар мустан айхаллаан, уруйдаан туран, бу күнү бэлиэтээтилэр! 💫Бу тэрээһиҥҥэ саха эстрадатын биир бастыҥ сулустара – Ника, Эрчимэн, Санита-Ай уонна Арчылаана кыттыылаах «Тапталлаах Сахам сирэ!» диэн эҕэрдэ кэнсиэрэ киһини дуһуйардык долгутта!🥰 ✨Кэнсиэр кэнниттэн, аймах-билэ дьоннорун кытта көрсөн, хаартыскаҕа түһэн, бу үөрүүлээх түгэни үйэтиттилэр. Ону таһынан Добун оһуохайга кыттан, олуһун диэн астыннылар, дуоһайдылар.🤗 🔸Бу күн биһиэхэ, интэринээт-дьиэ олохтоохторугар, хайаан даҕаны умнуллубат, үтүө күүстээх, үөрүүлээх күн буолла. Сахабыт Сирин күнүнэн барыгытын эҕэрдэлиибит! Сахабыт Сирэ сайда турдун, норуота дьоллоох буоллун!😍