«Кытаанах доруобуйаны, миигинниин элбэхтэ кэпсэтэригэр, миэхэ соло буларыгар, дьоллоох ...
«Кытаанах доруобуйаны, миигинниин элбэхтэ кэпсэтэригэр, миэхэ соло буларыгар, дьоллоох буоларыгар, ыалдьыбатыгар, бэйэтин көрүнэригэр, аҕыйаҕы үлэлииригэр, массааска сылдьарыгар, сирэйин оҥосторугар, элбэх харчыланарыгар, ийэбэр барыта баар, киниэхэ доруобуйа эрэ наада, өрүү эдэр буоларыгар, кытаанах ньиэрбэни, үлэтигэр ситиһиини, биһиги кэргэммитин ылынарыгар, сиэннэрин, хос сиэннэрин көрөр сааһыгар тиийэригэр...»,- диэн дьоһуннаах баҕа санаалар эмиэ этилиннилэр. Бу курдук, оҕолорбут ийэлэрин хайдах көрөллөрүн аҕыйах тылынан холобурдаан көрдүбүт. Биир эмэ ийэ бэйэтин туһунан булбута, сэрэйбитэ буолуо... ⚜️Маннык кэпсэтиилэртэн оҕо хайдах майгылаах, тус санаалаах, төһө эппиэтинэстээх киһи буолан тахсан эрэрин, ийэ холобуруттан тутулуктааҕын өйдүөххэ сөп курдук. Оҕо бэйэтин иннин көрүнэ улаатарыгар, баары харыстыыр киһи буоларын туһугар, иитиигэ үгүс болҕомто ууруоҕуҥ, оҕолорбутуттан бэйэбит эрэ ирдээбэккэ, кинилэр ирдэбиллэрин эмиэ толоруоҕуҥ! Саргылана Кокорина @khalymadolgunnara @ulusmedia