Муус устар 27 күнүгэр Мэҥэдьэктээҕи түмэл үлэһитэ, АБДь кыттыылааҕа Танхаров Станислав ...
Муус устар 27 күнүгэр Мэҥэдьэктээҕи түмэл үлэһитэ, АБДь кыттыылааҕа Танхаров Станислав Иванович байыаннай сорудахха сылдьан, ДНР Бурлацкай нэһилиэгин таһыгар хорсуннук охтубута 1 сылыгар анаан, Мэҥэдьэк нэһилиэгин дьоно мустан үлэлээн ааспыт түмэлигэр өйдөбүнньүк бэлиэ туруордубут. Бу мраморнай бэлиэни бииргэ төрөөбүт убайдара Семен, Леонид уонна Константин Танхаровтар оҥорон биэрдилэр. Түмэлгэ Станислав Ивановичка аналлаах быыстапка турда. Мраморнай бэлиэ үйэттэн үйэҕэ кэлэр көлүөнэ ыччаты патриотическай өйгө-санааҕа иитэ, хорсун быһыыга, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга үөрэтэ туруоҕа.