Үтүө үгэһи салҕаан: Н.И. Прокопьев аатынан Хатыы оскуолатын уонна ОКХ (ЖКХ) эр дьонноро...
Үтүө үгэһи салҕаан: Н.И. Прокопьев аатынан Хатыы оскуолатын уонна ОКХ (ЖКХ) эр дьонноро бэтэрээннэргэ муус ылан көмөлөстүлэр🙌🏻👍🏻 Күн бүгүн биһиги нэһилиэкпитигэр оскуола уонна олохтоох коммунальнай хаһаайыстыба (ЖКХ) эр дьонноро түмсэн, улахан суолталаах үтүө дьыаланы олоххо киллэрдилэр👍🏻Ол курдук «Аҕа дойду сэриитин оҕолоругар» (Дети войны) уонна Анал байыаннай дьайыы (СВО) бэтэрээннэригэр кыһыҥҥы уу күүтүүлээх ыраас мууһун ылан, дьиэлэригэр тиэрдэн көмө буоллулар🙏🏻 Бу күн бочуоттаах олохтоохторбутугар — Сэрии оҕолоругар Степанида Гаврильевнаҕа, Пантелеймон Григорьевичка уонна Анал байыаннай дьайыы бэтэрээннэригэр Макс Яковлевка, Максим Васильевка, Владимир Кириллиҥҥа, Стас Танхаровка эр дьон кыахтаах үлэлэринэн күүс-көмө буолбуттара улахан суолталаах. Ыарахан үлэттэн толлубакка, биир сомоҕо буолан ис дууһаларыттан көмөлөспүт убаастабылллаах эр дьоннорбутугар барҕа махталбытын биллэрэбит☺️🙏🏻Эһиги үтүө үрүҥ үлэҕит — эдэр көлүөнэҕэ кырдьаҕастары убаастааһын уонна патриотизм тыыннаах холобура буолар. Сүүрэр көтөр үөрүү, ситиһии эрэ арыаллаатын✊🏼☺️