🚩🚩🚩Ытыктабыллаах *Хаҥалас* нэһилиэгин олохтоохторо! Эһигини *Улуу Кыайыы* бырааһыннь... — 8 мая 2026 г. в 22:07:28.696
🚩🚩🚩Ытыктабыллаах *Хаҥалас* нэһилиэгин олохтоохторо! Эһигини *Улуу Кыайыы* бырааһынньыгынан "Хаҥалас нэһилиэгэ" олохтоох түөлбэ дьаһалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эҕэрдэлиибин! Ыам ыйын 9 күнэ — дойдубут бары олохтоохторугар дириҥ өйдөбүллээх ытык күн. Бу күн сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн туран Аан дойдуну өстөөхтөн босхолообут кыайыылаах көлүөнэҕэ дириҥ махталбытын тиэрдэбит! Аан дойду устуоруйатыгар улахан сабыдыаллаах, ыар сүтүктээх, харах уулаах уонна өрөгөй үктэллээх *Улуу Кыайыы* суолтата хаһан баҕар норуоттарга *Ытык* өйдөбүл буолан барыбытын сомоҕолуур. Билигин Арассыыйаҕа төһө да уустук балаһыанньа үөскээтэр, эһэлэрбит холобурдарынан кыайыыга саарбаҕалаабаппыт, Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбыт, туох баар кыахтарын ууран, этэҥҥэ төннөн кэлиэхтэрэ диэн эрэнэбит. *Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!* Бүгүҥҥү Ытык бырааһынньыгынан эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, уһун үйэни, ыраас халлааны, дьолу-соргуну, баай-талым олоҕу баҕарабыт! *Эҕэрдэни кытта "Хаҥалас нэһилиэгэ" олохтоох түөлбэ баһылыга Винокуров С.А.*

