Үтүө киэһэннэн!
Үтүө киэһэннэн! Балаҕан ыйын 25 күнэ. Бүгүн Даппарай нэһилиэгэр "Икки өттүгэр үстүү кынаттаах аанньал" диэн кинигэ сүрэхтэнэн бэчээттэнэн таҕыста. Бу кинигэ Кыллаах арыыга олорон ааспыт Сидоровтар дьиэ кэргэн туһунан ахтыы, Мира Гаврильевна Сидорова, ыал улахан кыыһа, Саха АССР үрдүкү Сэбиэтин 9-с ыҥырыытын депутата, Эдьийин үлэтин , олоҕун, балыс балтыларын бэрийэн, көрөн харайан ийэ оруолун толорон кэлбит кэмин , балта Елизавета Гаврильевна Сидорова эдьийин кэриэстээн сырдатан , дьон ахтыытын хомуйан , көмүс буукубанан суруллубут, халыҥ кинигэ бэчээттэнэн таҕыста. Мин тус бэйэм Мира Гаврильевнаны олус бэрткэ билэбин, Кыллаах Арыыга олорор эрдэхтэринэ , оонньоон, сөтүөлээн, Эһэ тириилээххэ сибэкки үргээн дьоллоох оҕо сааспыт ааспыта. Ол кэннэ Абаҕаҕа көспүттэрэ. Кэлин депутат буолбутун кэннэ хаста да көрсөн оҕо сааспытын ахтан санаан ааспыппыт. Елизавета Гаврильевнаны кытта Кыллаахха Лидер лааҕырга бииргэ үлэлээбиппит. Эдьийдэрэ ийэ, эбээ, хос эбээ буолан тус олоҕун кинилэргэ анаабытын, таптаан махтанан , киэн туттан туран кинигэ таһаарбыттара олус кэрэхсэнэр, суруллубут суоруллубат диэн туран махталбын биллэрэбин. Бүгүҥҥү кинигэ сүрэхтэниитигэр элбэх кэрэ санаалар, ахтыылар наһаа үчүгэй тыллар этилиннилэр. Бу кинигэни олохтоох библиотекаттан уларсан ааҕыахха сөп. Мира Гаврильевна тыа хаһаайыстыбатын бастыҥ зоотехнига, элбэх кылаатын, билиитин олоххо киллэрэн үлэ бэтэрээнэ. Кинигэ бэчээттэнэн тахсарын туһугар үлэлэспит дьоҥҥо, сэргэҕэ махтал буолуохтун. Бука бары доруобай, дьоллоох буолуҥ диэн туран ахтыыбын махталбын түмүктүүбүн. Екатерина Ивановна Корнилова.