Сунтаар улууһун саамай түгэх нэһилиэгэр Бүлүүчээҥҥэ, оҕону эбии үөрэхтиир Ситис тэрилтэ... — 16 июня 2026 г. в 12:16:40.901
Сунтаар улууһун саамай түгэх нэһилиэгэр Бүлүүчээҥҥэ, оҕону эбии үөрэхтиир Ситис тэрилтэтин базатыгар оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тэрийэр лааҕыр үлэтин ортото буолла. Манна улуус 9 араас оскуолаларыттан 20 оҕо кэлэн сынньана, сайда ,доруобуйаларын тупсарына сылдьаллар. АБДЬ кыттыылааҕын оҕолоро, доруобуйаларыгар көрдөрүүлээхтэр, тулаайах оҕолор уонна элбэх оҕолоох ыал оҕолоро биһиэхэ бааллар. Быйылгы лааҕыр хайысхата "Мин-айыл5а о5отобун!" диэн тобул иһинэн үлэлии- хамсыы турар.Ол курдук "Эдэр турист" педагог Аммосова М.С ,"Тэлгэһэм эмтээх отторо"эм үлэһитэ Гераимова В.Р " Экологическай айар-тутар ыллыктар " начальник Прокопьева Г.В. сайыннарар программалары салайан үлэлэтэллэр. "Кустук" комплекснай иитэр тосхол иһинэн иитээччилэрВасильева М.В. Данилова Т.И. Егорова Т.Ф. кустук 7 өнунэн нэдиэлэ кунун арааран араас тэрээһиннэри, оонньуулары, курэхтэри тэрийэллэр. "Вожатай чааһа" бириэмэ5э о5олор педагог Данилова Л.Е кытта күннээҕи дневник толорон, хаһыат таһааран, 3 этэрээккэ хайдыһан санаа үллэстэн, уопсай темаларга "Россия кунэ", нэһилиэккэ Ыһыах күнэ, "Чөл буолуу күнүгэр" тэҥҥэ кыттыһан иһэллэр. Ол курдук бу 10 хонук иһигэр сөҕүмэр элбэх дьарыктар, тэрээһиннэр, оонньуулар, күрэхтэр буоллулар! Лаа5ыр аһыллыытыттан са5алаан, эдэр турист-эколог сүрэхтэниитэ, эргэ кумааҕыны иккис тыынныыр лабораторнай үлэлэр, чыычаах аһыыр дьиэтин аныгы дизайнаан оҥоруу, кутааҕа бэйэ миин буһаран боруобалааһын, төрөөбут кун бэлиэтээн оҕолор тортарын амсайыы, сатыы хаамар походка сылдьан, эмтээх от арааһын хомуйан-хатаран, "Айылҕа оҕо хараҕынан диэн фотоконкурс" ыытыллан, волейбол, баскетбол күрэхтэрэ буоланнар лаа5ыр оло5о оргуйан олорор! "Ситис" тэрилтэтэ аһыллыа5ыттан үлэлиир саамай минньигэс астаах поварынан биллэр Парасковья Петровна Васильева быйыл да итии-буһуу диэбэккэ үөрэн-көтөн минньигэс, тотоойу аһылыгынан аһата сылдьар. сылдьар. Күн бүгүнүгэр дылы тэрилтэ 3 охранниктара ис-тас үлэҕэ завхоз Архангельская С.И. салайыытынан тэҥҥэ сылдьан оҕолор доруобуйалара тупсарын, олохторугар куттала суох буолуу усулуобуйатын тэрийэн түүннэри-күнүстэри үлэлииллэр. Бары лааҕыр үлэтин кыттыылаахтара доруобай буолуҥ, дуоһуйа сынньаныҥ, астына үлэлээҥ.

