Ытыктабыллаах улууспут олохтоохторо уонна ыалдьыттара! — 9 июня 2026 г. в 08:02:53
Ытыктабыллаах улууспут олохтоохторо уонна ыалдьыттара! Дойдубутугар Норуоттар Сомоҕолоһууларын, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Олохтоох бэйэ оҥорон таһаарыы сылларын уонна үтүөкэннээх олоҥхоһут Гаврил Николаевич Ларионов - Халлаан Хабырыыс төрөөбүтэ 135 сылыгар анаммыт «Ороссолуода нэһилиэгэ Олоҥхо Ыһыаҕын уруйдуур!» XIV төгүлүн ыытыллар улуустааҕы Олоҥхо ыһыаҕар эһигини барыгытын ытык-мааны ыалдьыт буоларгытыгар ыҥырабыт! Бэс ыйын 14 күнүгэр үтүө түһүлгэҕэ кэлэн, айылҕалыын алтыһан, атах тэпсэн олорон ирэ-хоро сэлэһиэҕиҥ, омуннаах олоҥхо тылын истэн, ыллаан-туойан, күрэс былдьаһан, күөх сайыны көрсө дьол-соргу тосхолун тутуоҕуҥ! 🗓️Буолар күнэ-дьыла: 2026 сыл бэс ыйын 13-14 күннэрэ🌿 📍Буолар сирэ: Ороссолуода нэһилиэгэ, ыһыах түһүлгэтэ🌿 Ытыктабылы кытта, «Мэҥэ Хаҥалас улууһа» МО дьаһалтата