ҮРЭХХЭ ОҺУОХАЙ ИСТИБИТИМ... — 25 июля 2026 г. в 06:44:11.242
ҮРЭХХЭ ОҺУОХАЙ ИСТИБИТИМ... Биир сайын эһээбэр Чурапчыга сайылаабытым. Үһүс кылааһы бүтэрдэҕим сыл буолуо, эһээбит биһиэхэ сайылыкка күүлэйдии кэллэ. Эһэм сарсыарда уһуннук да уһуннук суунар, мин кини суунарын көрөөрү олох эрдэ турабын, тоҕо диэтэр, суунарыгар быратыас тииһин устар, ол миэхэ наһаа интэриэһинэй уонна сонун. Уһуллаҕын ахсын бэйэм тииспин эмиэ тардыалаан көрөбүн. Кып-кыһыл таҥалайдаах муус- маҥан тиистэри күн уотугар күлүмүрдэтэ, көөчүктэтэ баҕана үрдүгэр ууран кэбиһэрэ. Мин уубар аҥаарыйа сылдьан, аҥар харахпынан одуулаһан, өйүм- санаам ол тиистэргэ буолара... "Оо, дьэ, биирдэ эмэ эһэм көрбөтүгэр ылан ити тиистэри кэтэн көрбүт киһии," - диэн куруук ымсыыра саныырым. Аны киэһэ ахсын эһээни кытары ким оттоһо барарый диэн улахан мунньахтар буолан бардылар. Улахаттар бары сатаммат курдуктар, арай, мин эрэ бардахпына табыллыах курдук. Миэхэ да сири-дойдуну көрүөххэ баҕа баһаам, барарбыттан олус үөрэбин, сотору-сотору ыраах барар киһи аатыран дьиэ үлэтиттэн босхолонон, оонньуурум элбээтэ. Чурапчыга бардахпына эһээм тииһин кэтэн көрүөм диэн биир бүччүм санаалаахпын. Эһээбинээн суолга туран, биир камаас тохтоон айаннаатыбыт. Мин ырыам-тойугум элбэх, айаннаан иһэн, суол тула ньиэмэстэр, олору тоҕута ытыалаан, граната быраҕаттаан, сороҕор бэйэм саһан, араанньы да буолан ылан, суолу билбэккэ Одьулууҥҥа тиийдибит. Убайдаах саҥаспар түстүбүт, манна хонобут, сарсын убайым Үрэх-Күөрэҕэ илдьиэхтээх. Мин эмискэ өйдөнө биэрдим, ханна-ханна кэлбиппин, дьиэбиттэн биир да күн тэйбэтэх киһи бүгүн бу атын дойдуга, туора сиргэ хонорбун санаан, тыыным-быарым тууйулунна. Ынахтарбын, аппын, сайылыкпын аҕынным, ис-испиттэн ытыахпын баҕардым, ийэбин үтүктэн, төбөм ыарыйда диэн баран сытынан кэбистим. "Арай, эһээбэр этиим, мин дьиэбин аҕынным билигин төттөрү барыах диэн, оо, дьэ үнтү мөҕөр буоллаҕа, уонна бачча киэһэ тугунан төннүөхпүтүй? Арай маннык, ыарыйдым диэтэхпинэ ыытыахтара дуо?"... Миэхэ раскладушка орон бэлэмнээн утуйар сирбин оҥордулар, кыраадыстаан көрдүлэр, уу, эмп иһэрдэн баран сыт диэн буолла. Оо, дьэ, сайылыгым оҕолоро оонньоон ахан эрдэхтэрэ, убайдарым сөтүө бөҕө буоллахтара, арай мин эрэ манна собус- соҕотоҕун сыттаҕым...штаппын алдьаталлара буолуо... араас санаалар үүйэ-хаайа тутаннар, ыллым да түүн ортото марылаччы ытаатым. Уу-чуумпу дьиэ биирдэ аймалҕан буола түстэ, бары туох буоллун, да туох буоллун диэн тула сүүрэкэлэстилэр. Саллаат аатыраары сайылыкпын аҕынным диэбэтим, төбөм ыалдьар диэтим, эһээм көтөҕө сырытта, сүүспэр таҥас илитэн уурдулар, эһээм аттыбар олорон эрэ түөспүн имэрийэ-имэрийэ киҥинэйэн ыллаата. Ытаан, хата, мин көхсүм кэҥээн мип-минньигэстик утуйан хааллым. Сарсыарда эһээм: «Хайа, нохоо, дьиэҕэр төннөҕүн дуо?» - диэн ыйытта. Оо, мин убайдарым кыыс курдук мааматын ахтан кэлбит, саллаат буолбатах эбит диэхтэрэ диэммин олус кыбыһынным, уонна оттон доҕотторум үс күнү быһа атаарбыттарын санаан олус сааттым. Суох, дьиэбэр барбаппын диэн баран эһээбин кууһан ыллым, эһээм кыыһырбыта ааһан муус-маҥан тиистэрэ кэчигэрэһэн мичээрдээтэ, сыллаан ылла, маладьыас, саллаат диэн буолла. Бэйэм илиибинэн эһээм тиистэрин туура тардан ылыахпын баҕардым, оо, дьэ, хаһан эрэ кэтэн көрөбүн ити тиистэри... Үрэх-Күөрэҕэ кэлбиппит, соҕотох оҕо буолан эбээлээх, эһээм маанылааһын бөҕөтө. Эһээм тала5нан ынах, оҕус оҥорон биэрдэ, онон мин хара сарсыардаттан сайылыктаах оонньуубун. Эһээм сарсыарда аайы: "Сахааччык-Һукууччук",- диэн ыллыы-ыллыы сыллаан, хоруллубатах бытыгынан дьээбэлээн туруорар. "Чэ, мөкү киһи тур, күн ыраатта",- диэн буолар. Эһээм «мөкү» диэн тылы олус муодарҕыы, атыҥырыы ылынар этэ... Биирдэ: " Ииҥҥэ киирэн дагда үүтүнэ таһаар эрэ", - диэбитэ, ону олох өйдөөбөтөҕүм. Чурапчы биһигиттэн олус оннук ыраах да буолбатар, өйдөөбөт тылларбыт а5ыйа5а суох эбит этэ: солуур, күүлэ, алльаххай, дьиикэй, муода, муокас... ( кэлин биирдэ улаатан баран эдьиийбэр кэлбиппэр, эдьиийим ыйытар: "Туох массыынан кэллиҥ?" Ону мин: «Каретанан», - диибин. Онуоха эдьиийим: «Аата принцесса5а дылы буолан, каретанан»,-дии-дии дэлби

