Ытыктабыллаах Тутааччылар, Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо!
Ытыктабыллаах Тутааччылар, Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо! Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини идэлээх бырааһынньыккытынан – Тутааччы күнүнэн – ис сүрэхпиттэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Бу күн биһиги улууспут сайдыытыгар, тупсуутугар күүс-күдэх уурар, саҥа дьиэлэри, социальнай, култуура уонна промышленнай эбийиэктэри тута сылдьар дьоһуннаах үлэһиттэрбитигэр ананар. Эһиги күн аайы кэскили түстүүр уонна биһиги олохпут чэчирии сайдарыгар улахан кылааты киллэрэр дьоҕурдаах, тутаах үлэһит дьоӈӈут. Эһиги сыралаах үлэҕит түмүгүнэн улууспут көстүүтэ, сайдыыта тупсар, саҥа эйгэлэр үүнэн тахсаллар, дьоммут-сэргэбит аныгы, табыгастаах усулуобуйаҕа олороллор, үөрэнэллэр уонна үлэлииллэр. Бу кэрэ-бэлиэ күн эһиэхэ, ытыктабыллаах тутааччыларга, чугас дьоҥҥутугар-сэргэҕитигэр баҕарабын чэгиэн доруобуйаны, дьолу-соргуну, үлэҕитигэр ситиһиилэри! Үлэҕит дьоһуннаах буоллун, хас биирдии саҥа бырайыаккыт саҥа кыайыылары аҕаллын! Эҕэрдэни кытта, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга В. В. Николаев #ДеньСтроителя #ТутааччыКүнэ