Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо – Куприян Михайлов👏🏻🎭 — 23 июня 2026 г. в 04:52:28.442
Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо – Куприян Михайлов👏🏻🎭 Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһыгар Куприян Васильевич Михайловка Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо диэн үрдүк аат иҥэрилиннэ👏🏻👏🏻👏🏻 Бу — кини элбэх сыллаах айымньылаах үлэтин, Саха сирин култууратын уонна искусствотын сайдыытыгар киллэрбит сүҥкэн кылаатын үрдүк биһирэбилэ уонна ытыктабыла буолар. Чурапчы улууһа былыр-былыргыттан талааннаах, айымньылаах дьонунан аатырар. Бу аат — Куприян Михайлов төрөөбүт дойдутугар тапталын, дьоҥҥо анаммыт үлэтин көрдөрөр. Кини талаана, үлэтэ , дьоҥҥо сыһыана үгүстэргэ холобур буолар. Куприян Васильевич, бу үрдүк ааты ылбыккынан ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит! Айар үлэҕэр өссө да үрдүк ситиһиилэри, чэгиэн доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥэр дьолу баҕарабыт!

