Бүгүн СӨ үтүөлээх артыыһа Петр Садовников 50 сааһын туолар үбүлүөйдээх күнэ👏🏻🎭
Бүгүн СӨ үтүөлээх артыыһа Петр Садовников 50 сааһын туолар үбүлүөйдээх күнэ👏🏻🎭 Күндү-мааны Петр Николаевич! Олоҕуҥ орто омурҕанын бэлиэтиир Үбүлүөйдээх күҥҥүнэн Сахаҥ театрын бары дьоно Истиҥ иһирэх эҕэрдэбитин эттэхпит буоллун, Уруй-туску уйгулааҕын туһаайдахпыт буоллун! Уйгулаах Уус-Алдан сириттэн силис тардан, Сыырдаах Эбэ кытылыгар төрөөн-үөскээн Артыыс уустук идэтин олоҕуҥ суола оҥостон Саха театрын бастыҥ артыыһа буола үүннүҥ. Айар кутуҥ толору арыллан артыыс идэтин толору баһылаатыҥ Кэмиэдьийэнэн сүрэхтэнэн, трагедияҕа хатарыллан Дыгын Дарханы илэ бэйэтинэн оонньоон Саха көрөөччүтүгэр үйэтиттиҥ. Тимир Ууһун удьуорун утумнаан Өбүгэлэриҥ төрүт дьарыктарын салҕаан Кылааннаах тимири ыллатаҕын, Саха уустарын үйэ-саас тухары илдьэ кэлбит Кистэлэҥнэрин баһылыы сылдьаҕын. Аны даҕаны айар дьоҕуруҥ Алгыстаах аартыктара арыллан истиннэр, Хатыламмат талааныҥ кэхтэри билбэтин, Тус бэйэҥ олоххор тулхадыйбат туруктан, Ускуустуба киһитин уһунтан уһун үйэлээх, Умсулҕанннах уйулҕалаах улахан олоҕун олор! Алгыһы кытта Былатыан Ойуунускай аатынан Саха театрын бары дьоно