🏆ТӨРДҮС ТӨГҮЛҮН АБСОЛЮТНАЙ ЧЕМПИОН: Таатта боотура Владимир Михайлов — 5 июля 2026 г. в 09:00:18.598
🏆ТӨРДҮС ТӨГҮЛҮН АБСОЛЮТНАЙ ЧЕМПИОН: Таатта боотура Владимир Михайлов Кэбээйи сиригэр ыытылла турар Олоҥхо Ыһыаҕар-2026 саха бэртэрин түмэр күрэскэ — «Эр бэрдэ» хапсыһыытыгар Таатта улууһун модун күүстээх боотура Владимир Михайлов кыайыыны ситистэ. Кини утуу-субуу төрдүс сылын сирэйдээн бу ураты уустук, эр дьонтон муҥура суох күүһү уонна тулууру эрэйэр многоборье күрэҕэр Абсолютнай чемпионунан буолла! Ытык Тааттабыт албан аатын өрөспүүбүлүкэ таһымыгар өссө төгүл уруйдаппыт уолбутугар Владимир Михайловка ис сүрэхпититтэн истиҥ эҕэрдэни уонна барҕа махталы тиэрдэбит! 📲МАХ|

