🌟 Бүгүн Социальнай үлэһит күнүнэн улуустааҕы Дьиэ кэргэн уонна ыччат политикатын отдел... — 8 июня 2026 г. в 15:22:58.373
🌟 Бүгүн Социальнай үлэһит күнүнэн улуустааҕы Дьиэ кэргэн уонна ыччат политикатын отделын, улуустааҕы нэһилиэнньэ социальнай харысхалын биир кэлим киинэ уонна «Биир ньыгыл Россия» баартыйа улуустааҕы салаатын аатыттан өр сылларга социальнай эйгэҕэ үлэлээбит үлэ бэтэрээннэрэ, социальнай эйгэҕэ салайааччынан 18 сыл таһаарыылаахтык үлэлээбит Анна Бурнашеваны уонна улуустааҕы пенсионнай фондаҕа 30 сыл бэриниилээхтик үлэлээбит Матрена Артамонованы дьиэлэригэр тиийэн эҕэрдэлээтилэр. Үтүмэн сылларга үлүскэн үлэ үөһүгэр сылдьыбыт Анна Прокопьевна уонна Матрена Иннокентьевна социальнай үлэһит суолтатын уонна үлэлээбит сылларын ахтан-санаан аастылар, күннээҕи сонуну сураһан ирэ-хоро кэпсэттилэр, биир идэлээхтэригэр эҕэрдэ маанытын тиэртилэр. 📹Мария АРГУНОВА @uamurusahargata @ulusmedia

