Арассыыйаҕа Норуоттар сомоҕолоһууларын, Саха Сиригэр Култуура,
Арассыыйаҕа Норуоттар сомоҕолоһууларын, Саха Сиригэр Култуура, Уус Алдан улууһугар түмсүү уонна бииргэ үлэлээһин сылларыгар анаммыт “КЭХТИБЭТ ТАЛААННАР” Уус Алдан нэһилиэктэрин бэтэрээннэрин Сэбиэттэрин икки ардыларыгар ыытыллар уус-уран самодеятельность бэстибээлин ыытыы БОЛДЬО5О: 1. Алтынньы 8 күнэ, 2026 сыл Буолар сирэ – Хоро нэһилиэгэ, Майаҕас бөһ., “Түмсүү” норуот айымньытын киинэ Кыттыыны ылаллар: Бэрт-Ууһун, Байаҕантай, Хоро нэһилиэктэрэ. 2. Алтынньы 14 күнэ, 2026 сыл. Буолар сирэ - 1-кы Өспөх нэһилиэгэ, Уһун-Күөл бөһ., “Аргыс” сынньалаҥ киинэ Кыттыыны ылаллар: Өнөр, 2-с Лөгөй, Баатаҕай, 1-кы Өспөх нэһилиэктэрэ. 3. Алтынньы 20 күнэ, 2026 сыл. Буолар сирэ – Бээрийэ нэһилиэгэ, Бээрийэ бөһ., С.Г. Васильев аатынан култуура киинэ Кыттыыны ылаллар: Түүлээх, 2-с Байаҕантай, Бээрийэ нэһилиэктэрэ. 4. Алтынньы 23 күнэ, 2026 сыл. Буолар сирэ – Дүпсүн нэһилиэгэ, Дүпсүн бөһ., Н.Е. Корнилов аатынан сынньалаҥ киинэ Кыттыыны ылаллар: Мүрү, Лөгөй, Дүпсүн, Найахы, 1-кы Хоро нэһилиэктэрэ. 5. Алтынньы 28 күнэ, 2026 сыл. Буолар сирэ – Бороҕон нэһилиэгэ, Тумул бөһ., “Түмсүү” норуот айымньытын киинэ Кыттыыны ылаллар: Суотту, Курбуһах, Өлтөх, Бороҕон нэһилиэктэрэ. 6. Алтынньы 29 күнэ, 2026 сыл. Буолар сирэ – Өспөх нэһилиэгэ, Дыгдал бөһ., культурнай-спортивнай комплекс Кыттыыны ылаллар: Чэриктэй, Өспөх нэһилиэктэрэ.