Чурапчы сэлиэнньэтигэр 2026–2027 сылларга Куохара үрэх кытылын тупсарыы үлэтэ барар. — 20 августа 2026 г. в 04:22:21.522
Чурапчы сэлиэнньэтигэр 2026–2027 сылларга Куохара үрэх кытылын тупсарыы үлэтэ барар. Бырайыак Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн ыытыллыбыт «Олоххо-дьаһахха инфраструктура» национальнай бырайыагын чэрчитинэн, «Куорат табыгастаах эйгэтин оҥоруу» федеральнай бырагырааманан олоххо киириэҕэ. 50 мөлүйүөн солкуобай федеральнай үп уонна улуустан кыттыгас үбүлээһининэн тутуллан, үлэҕэ эһиил киириэхтээх.

