Урбаан Координационнай советын мунньаҕа
Урбаан Координационнай советын мунньаҕа Бүгүн, алтынньы 28 күнүн бастакы аҥарыгар улуустааҕы Координационнай совет мунньаҕа буолан ааста. Мунньаҕы Нам улууһун урбааҥҥа Координационнай советын бэрэссэдээтэлэ, улуус баһылыга Юрий Слепцов салайан ыытта. Бастакы боппуруоһунан Роспотребнадзор СӨ Нам улууһугар территориальнай отделын салайааччыта Марфа Игнатьева атыы-эргиэн эйгэтигэр киирбит саҥа хонтуруоллуур ирдэбиллэр туһунан кэпсээтэ. Марфа Васильевна атыы-эргиэн точкаларыгар ханнык кэһиилэргэ автоштрафтар олохтоноллорун уонна саҥа систиэмэҕэ хайдах сөпкө үлэлиэххэ сөбүн туһунан сиһилии кэпсээтэ. Сэбиэт чилиэттэрэ улуус атыы-эргиэн эйгэтигэр үлэлиир урбаанньыттарга өйдөтүү-сырдатыы үлэтин ыытарга, рейдэлэри оҥорорго быһаардылар. ⤵️