✅Партизан нэһилиэгин дьаһалтатын үлэһиттэрэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, кинилэр...
✅Партизан нэһилиэгин дьаһалтатын үлэһиттэрэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр, соҕотох кырдьаҕастарга уонна ийэлэргэ — барыта 35 ыалга муус ылан дьиэлэригэр тиэйдилэр (баһылык Б. Романов). ✅ Көбөкөн нэһилиэгэр уопсайа 22 ыалга көмө оҥоһулунна. Ол курдук, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын 8 дьиэ кэргэнигэр, соҕотох аҕам саастаахтарга уонна сэрии сылларын оҕолоругар — 14 киһиэхэ муус бэлэмнээн, тиэйэн уонна сaаһылаан биэрдилэр (баһылык И. Пестеров). ✅Фрунзе нэһилиэгэр соҕотох олорор 3 аҕам саастаах дьоҥҥо муус ылан, таһааран биэрдилэр (баһылык Р. Трофимов).⤵️