Эҕэрдэ! Улуу Кыайыы күнүнэн! 🎖️
Эҕэрдэ! Улуу Кыайыы күнүнэн! 🎖️ Бу ураты суолталаах күн эһиэхэ уонна эһиги чугас дьоҥҥутугар кытаанах туругу, дьолу-соргуну уонна куруук эйэлээх халлааны баҕарабын. Эһээлэрбит, эбээлэрбит хорсун быһыылара хаһан да умнуллубатын, кинилэр эр санаалара барыбытыгар холобур буоллун. Н.И. Прокопьев аатынан Хатыы орто оскуолатын иһинэн үлэлиир оҕо медиацентра уонна эдэр үлэһит учууталлар мустуулара былырыын кыайыы 80-сылын уруйдуу-айхаллыы устубут тэттик киинэтэ ≪Ыаҕыйа≫. Бу киинэ республиканскай киинэ күрэҕэр, бастыҥ оҕо оруола номинация кыайыылааҕа👍🏻 Венок ууруута — бу судургу эрэ сиэр-туом буолбатах, ити дириҥ ис хоһоонноох уонна суолталаах куолу (традиция). Ол сүрүн өйдөбүллэрэ: Сүгүрүйүү уонна Ытыктабыл: Сибэкки уонна венок ууран, биһиги Ийэ дойдуларын иһин олохторун биэрбит дьоҥҥо муҥура суох махталбытын уонна ытыктабылбытын көрдөрөбүт. Бу — «эһигини умнубаппыт» диэн бэлиэ. Өссө төгүл бырааһынньыгынан! Үтүө эрэ өйдөбүллэр, истиҥ сыһыан уонна сырдык эрэллэр доҕуһуоллаатыннар.