«Эһиги хорсун быһыыгыт — биһиги киэн туттуубут»
«Эһиги хорсун быһыыгыт — биһиги киэн туттуубут» Н.И. Прокопьев аатынан Хатыы орто оскуолатын оҕолоро сүһүөҕүнэн арахсан Мэҥэдьэк нэһилиэгин ытык кырдьаҕас дьонугар уонна Аҕа дойду сэриитин оҕолоругар ырыа аргыстаах сэмэй бэлэхтээх ыалдьыт буолан дьиэлэригэр бара сырыттылар👍🏻 Ытык кырдьаҕас дьоммут бу маннык оҕолор кэлэн эҕэрдэлээн баралларыттан олуһун диэн астыналлар уонна махтаналлар. Кинилэр махталларыгар биһиги кинилэргэ ордук күүскэ махтаныах тустаахпыт🙏🏻☺️ Өрүү бу курдук дьоллоох буолуҥ доруобай буолуҥ диэн алгыс тыллаах ыалдьыттаатыбыт🙌🏻 «Ытыктабыллаах бэтэрээн!Эйигин Улуу Кыайыы күнүнэн эҕэрдэлиибит! "Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат" диэн тыллары өрүү өйдүү сылдьабыт. Эһиги хорсун быһыыгыт, тулуургут уонна тыылга кыайыылаах үлэҕит үйэлэргэ умнуллубат. Эйэлээх халлаан иһин дириҥ махтал! Чэгиэн буол, өрүү үөрэ-көтө сырыт!»