‼️🛑 БАҺААРТАН СЭРЭХТЭЭХ БУОЛУҤ!
‼️🛑 БАҺААРТАН СЭРЭХТЭЭХ БУОЛУҤ! "Чохоон" оҕо ханаала көрдөрөр уонна сэрэтэр. ❗️📢Куттал суоһуур түгэнигэр улахан дьону ыҥыр уонна 101 нүөмэргэ эрий📲. ❗️ электро уонна газ билиитэни сэрэнэн туһаныҥ. Кутталлаах! ❗️ чааньык, тэлэбииһэр, көмпүйүүтэр, гирлянда, микроволновка, пылесос уо.д.а. уокка холбонор техникалар проводтарыгар сэрэхтээх буолар ордук. Аһаҕас эбэтэр алдьаммыт провод баарын көрдөххүтүнэ улахан дьоҥҥо этиҥ! ❗️ төлөпүөнү, наушнигы эбэтэр гаджеты зарядникка өр ииттэрэ түүннэри хаалларымаҥ! Сэрэхтээх! ❗️ дьиэҕэ буруону көрдөххүтүнэ эбэтэр буруо сыта кэллэҕинэ саһымаҥ, тута улахан дьону ыҥырыҥ уонна дьиэттэн тахса охсуҥ! ❗️ дьиэҕэ сигнализация тыаһаатаҕына - ол аата буруо баарын биллэрэн сэрэтэр! Онон тута улахан дьоҥҥо этиҥ уонна таһырдьа тахсыҥ! ❗️ испиискэни уонна зажигалканы уматымаҥ! Чүмэчини эмиэ уматымаҥ! Оонньуур буолбатах! Олус сэрэхтээх уонна кутталлаах! Баһаартан сэрэхтээх буолар туһугар тугу гыныахтаахпыт туһунан бу кылгас ойуулуктары көрүҥ.⬆️⬆️⬆️ ⚠️Бэйэҕитин харыстаныҥ, исписэлиис уонна улахан дьон тылын истиҥ, оҕолор! #МоиБезопасныеКаникулы #ПожарнаяБезопасность #Профилактика