Убаастабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо! Күндү дьиэ кэргэттэр! — 8 июля 2026 г. в 04:38:35.678
Убаастабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо! Күндү дьиэ кэргэттэр! Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини үгүс үйэлэри уонна көлүөнэлэри холбуур, саамай сырдык уонна истиҥ Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүнэн ис сүрэхпиттэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Бу күн – биһиги дьиэ кэргэммит ытык суолтатын өссө төгүл дириҥник өйдүүр, сыаналыыр кэрэ-бэлиэ түгэн. Дьиэ кэргэн – хас биирдии киһи олоҕун тирэҕэ, дойдубут кэнчээри кэскилин бигэ олуга. Таптал уонна бэриниилээх буолуу – дьиэ кэргэни барытын холбуур, чөл туругун хааччыйар. Кинилэр суох буоллахтарына дьиэ кэргэн бигэ туруга уонна дьоло кэһиллэр. Билигин, үйэбит уларыйыытыгар, эһиги дьиэ кэргэҥҥит иһигэр таптал уонна бэриниилээх буолуу өрүү баар буоллун! Хардарыта өйдөһүү, ытыктаһыы, оҕолоргутугар үтүө холобур буолуу эрэллээх тирэх буоллун! Оҕо-аймах үтүө майгылаах, үөрэхтээх, доруобай буола улааттын! Барыгытыгар чэгиэн доруобуйаны, дьолу-соргуну, эйэлээх дьиэ кэргэн сыһыанын, барҕа баайы-дуолу уонна ситиһиилэри баҕарабын! Хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ үөрүү-көтүү, сырдык санаа, уйгу-быйаҥ олох эҥэрдэстиннэр! Ис сүрэхтэн эҕэрдэни кытта, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев http://T.me/ValeriNikolaev #Дьиэкэргэн #Таптал #Бэриниилээхбуолуу

