Халтараантан сэрэхтээх буоларга оҕолорго бүгүн үөрэтии үлэтин кэпсэттибит , араас оҕоҕо... — 2 апреля 2026 г. в 03:45:42.702
Халтараантан сэрэхтээх буоларга оҕолорго бүгүн үөрэтии үлэтин кэпсэттибит , араас оҕоҕо өйдөтөр презентация көрдөрдүбүт . Бу быраабылалары тутуһарга диэн этэбит . Оҕолор чиӈэтэн уруһуй уруһуйдаатылар . Халтарааҥҥа сэрэхтээх буолуу сүрүн быраабылалара: Тиэтэйбэккэ хаамыы: Халтараан сиргэ кыра хардыынан, атах сыгынньаҕын (подошватын) бүтүннүү үктээн хаамар ордук. Илиини таска тутуу: Илиини сиэпкэ угуна сылдьар сэрэхтээх. Оҕуннахха илии көмөтүнэн балансы тутуохха эбэтэр сиргэ тайаныахха сөп. Сөптөөх атах таҥаһа: Түөрэккэйэ суох, хатыылаах эбэтэр резина подошвалаах атах таҥаһын кэтиэххэ наада. Суолу туорааһын: Массыына халтараан суолга тута тохтооботун оҕолор өйдүөхтээхтэр. Ол иһин суолу туоруурга олус сэрэхтээх буолар ирдэнэр. Оонньуу: "Халтарааҥҥа хайдах хаамабыт?" диэн кыра оонньуу оонньоотубут .

