тыыннаах дойдуга олох олорор, уустуктары түөһүнэн тэлэн үүнэр-сайдар кыаҕын дьүһүйэр. Ч...
тыыннаах дойдуга олох олорор, уустуктары түөһүнэн тэлэн үүнэр-сайдар кыаҕын дьүһүйэр. Чукотка олохтоохторо – чукчалар, эскимостар, эбээннэр, о.д.а. – билигин ол хоптону санатардыы, бу адаҕайан турар глобализация үйэтигэр төрүт үгэстэрин уонна култуураларын тыыннаах хаалларар туһугар киирсэллэр. Мин билэбин уонна эрэнэбит, быыкаа хопто силлиэни-буурҕаны кыайбытын курдук, кинилэр омугу омук дэтэр тирэх өйдөбүллэрин сатаан харыстыахтара. Биһиги, сахалар (биһиги эрэ буолуо ду, Россия норуоттара бары даҕаны), эмиэ ол глобализация “тыалын” утары киирсэбит. Онон бары түмсүүлээх, норуоттар биир сомоҕо эрэ буоллахпытына арҕааттан киирэр хаҕыс “тыалларга” бэриммэккэ, бэйэбит уратыбыт тутан хаалыахпыт, омук, биир Россия норуотун быһыытанан салгыы сайдыахпыт.