Уус Алдан улууһун дьаһалтата уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай баһаары утары... — 19 августа 2026 г. в 09:39:19.562
Уус Алдан улууһун дьаһалтата уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай баһаары утары сулууспата (СӨ СБАС) хардарыта бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэҥ түһэристилэр. Сөбүлэҥ сүрүн соругунан Суотту нэһилиэгэр аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир саҥа баһаарынай депо тутуута буолар. Билигин Суоттутааҕы МПЧ-2 нэһилиэк үс бөһүөлэгин таһынан, аттынааҕы Бороҕон нэһилиэгин уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дойду уонна Мөҥүрүөн нэһилиэктэрин хабар. Бу бииргэ үлэлээһин чэрчитинэн, Суотту нэһилиэгэр элбэх нэһилиэнньэлээх пууну хабар МПЧ-2 саҥа эбийиэгин тутуута олоххо киирдэҕинэ, дьон олоҕор куттала суох эйгэни тэрийиигэ төһүү күүс буолуоҕа. Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.

